16+
Лайт-версия сайта

КЭБЭЭЙИ ВАЛЬСА

Просмотр работы:
20 мая ’2024   11:33
Просмотров: 1211




Поэтический перевод Ольги Софроновой - Суһум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского «КОБЯЙСКИЙ ВАЛЬС».



КОБЯЙСКИЙ ВАЛЬС



Ты похожа скорей на былинку,
повстречалась однажды случайно,
иностранное имя искринка,
где скрывается солнышка тайна.

И ещё в переводе — малышка,
от латинского слова исходит,
лучезарного бога от Солнца,
что на утро с рассветами всходит.

Как озёра сверкают в Кобяе,
раскрываются буквы знакомо,
в заповедном и сказочном крае,
где тайги благодатная дрёма.

В зачарованных снах междуречья,
где встречаются Лена с Вилюем,
в неожиданной, памятной встрече,
на таёжной полянке танцуем.

Вспоминая былые прогулки,
на аласе в волшебном мгновеньи,
где июньские белые ночи,
раскрывали румянец смущенья.

Вот запели диковинно птицы,
переливчато, трелями звонко,
заиграли в восходах зарницы,
прошептали Полина тихонько.

Ах, вы белые ночи Кобяя,
красотою плакучих берёзок,
бриллиантами рос вновь сияя,
разнесли о любви отголосок.



Василий Полятинский
22:08 - 22:48 11.11.23/22:41 08.11.23 – 00:17 09.11.23
© Свидетельство о публикации №123111105203



КЭБЭЭЙИ ВАЛЬСА



Ааспыт кэм кэрэчээн киһитин,
Көрсүбүт ол күммүн санаатым,
Ахтылҕан сүрэхпин аймаата,
Эйигин көрүөхпүн баҕардым.

Омуктуу эн аатыҥ тылбааһа,
Күн көмүс сып-сырдык кыымчаана,
Эн ааккар ол күнүҥ кистэлин
Күндүтүк эн илдьэ сылдьаҕын.

Кырачаан диэн эбит эн аатыҥ,
Омуктуу тыллартан кэлбит дии,
Ол күннүүн Күн Айыы Таҥара
Хас сарсыарда аайытын тахсыһар.

Дойдубар, Кэбээйи сиригэр,
Киэҥ тайҕам суугунуур күөҕүгэр,
Иэйиилээх иһирэх күөнүгэр
Эн аатыҥ тыллара тыллаллар.

Мин дьикти алыптаах түүллэрбэр
Эйигин кытары сиэттиһэн
Дьоллоохтук дьоһуннук сананан
Сэмэйдик күүлэйдии сылдьабыт.

Өлүөнэ Эбэккэм Бүлүүлүүн
Көрсүһэр кырдалын үрдүгэр
Күөх хонуу устунан куустуһан
Иккиэйэх үҥкүүлүү сылдьабыт.

Саныыбын ол дьикти эриэккэс
Эдэр саас алыптаах кэмнэрин,
Бэс ыйын үрүҥ түүннэрин,
Уонна симик сыһыаммытын.

Истэргэ дылыбын үөр чыычаах
Дьырылас чугдаархай чырыбын,
Саһарҕа сандааран тахсыыта
Полина диэн ааты алҕыырын.

Кэбээйим үүт тунал түүннэрэ,
Нап-нарын хатыҥнаах чараҥнар,
Окко түспүт сиик таммаҕыныын
Санаттыгыт бастакы тапталбын...



Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун
Ольга Софронова-Суһум тылбааһа
Ньурба куорат, 20.05.24 c.
© Свидетельство о публикации №124052002568
Свидетельство о публикации №463225 от 20 мая 2024 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:



Нет отзывов

Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Логин
Пароль

Регистрация
Забыли пароль?


Трибуна сайта

342
ОТДЫХ КЛЁВЫЙ НА ДОМУ! УЛЫБАЙТЕСЬ, ДРУЗЬЯ!

Присоединяйтесь 




Наш рупор

 
Оставьте своё объявление, воспользовавшись услугой "Наш рупор"

Присоединяйтесь 







© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Реклама на нашем сайте

Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal

Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft