16+
Лайт-версия сайта

БИҺИК ЫРЫАТА

Просмотр работы:
11 апреля ’2024   02:50
Просмотров: 1378




Поэтический перевод Ольги Софроновой - Суhум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского «КОЛЫБЕЛЬНАЯ».



КОЛЫБЕЛЬНАЯ



Звёздочки яркие в небе мерцают,
месяц серебряный ночью грустит,
солнышку милому, славной малышке,
дивная песня сейчас прозвучит.

Трубку поднимешь и, слушая сказку,
снова заснёшь ты, как в прошлую ночь,
сладкие грёзы зовут кареглазку,
спи, золотая, в фантастике снов.

Будь, дорогая малышка, счастливой,
Баюшки, баюшки, бАю — баЮ,
грусть затаённую, думой стыдливой,
каждую ноченьку нежно пою.

Солнышко милое, тихо мурлычешь,
словно котёночек в тёплом раю,
счастье моё, журавлёнком курлычешь,
музыку слов о тебе создаю.

Песня бесценная, нот колыбельных,
эхом вернёшься весенним, как март,
светлою зорькой в росиночках чистых,
завтра проснёшься, сердечный пожар.

Небо лазурное, жаркое солнце,
ласковым светом свети ты всегда,
свет лучезарный в далёком оконце,
луч в темноте и живая вода.



Василий Полятинский
16:00 – 17:08 08.03.24
© Свидетельство о публикации №124030804094



БИҺИК ЫРЫАТА



Халлааҥҥа чаҕылхай сулустар
Ыраахтан угуйа тыгаллар,
Ый сырдык суһума суһумнуур
Санааргыыр, санньыйар курдук дуу.

Кып-кыра оҕобор,.чыычаахпар
Дьиктилээх ырыаны ыллыаҕым,
Төлөппүөн эн истэ сытаҥҥын
Уу нуурал чуумпутук утуйуоҥ.

Минньигэс түүллэри түһээҥҥин
Бу түүҥҥэ сэгэйэ мичээриэҥ,
Эйигин эриэккэс аптаах түүл
Алыптаах эйгэтэ ыҥырар.

Дьоллоох буол, мин кыра кыысчааным,
Эйигин санаабар нарыннык
Мин түөспэр кууһаммын бигиибин,
Утуй дуу, утуй дуу, оҕокком.

Кыракый куоскачаан курдуккун,
Түүрүллэн бараҥҥын сытаҕын,
Кыталык оҕотун санатан
Эн дьоллоох түүллэргэр көтөҕүн.

Эйиэхэ анааммын ыллыыбын
Иэйиилээх мин истиҥ ырыабын,
Ой дуораан иһирэх ырыабын
Ыраахха уйдара тарҕатыа.

Саһархай сардаҥа уоттара
Сиик таммах үрдүгэр кылбайар
Күөх халлаан, күлүмнэс күн уота
Өрүүтүн бу курдук тыгыахтын.

Мин оҕом утуйар хоһугар
Хараҥа бу түүнү үтэйэ
Сардаҥа синньигэс утаҕа
Сыллаатын оҕолуу иэдэскин.

Хараҥа бу түүнү сырдата,
Кыысчааныам, эн бэйэҥ күнчээҥҥин,
Мин дьолум чороонун көтөҕөн
Олохпун уот уган кыымныыгын.



Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун
сахалыы Ольга Софронова-Суһум тылбааһа
Ньурба к., 10.04.24 с.
© Свидетельство о публикации №124041100469
Свидетельство о публикации №460546 от 11 апреля 2024 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:



Нет отзывов

Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Логин
Пароль

Регистрация
Забыли пароль?


Трибуна сайта

Малопиксельные - танцуем?)

Присоединяйтесь 




Наш рупор

 
Оставьте своё объявление, воспользовавшись услугой "Наш рупор"

Присоединяйтесь 







© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Реклама на нашем сайте

Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal

Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft