-- : --
Зарегистрировано — 123 424Зрителей: 66 511
Авторов: 56 913
On-line — 9 203Зрителей: 1793
Авторов: 7410
Загружено работ — 2 122 957
«Неизвестный Гений»
АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН
Пред. |
Просмотр работы: |
След. |
27 сентября ’2023 16:12
Просмотров: 2370
Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха стихотворения Ольги Софроновой – Суһум «АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН».
АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН
Күһүҥҥү бу кэрэ көстүүнэн
Чуумпутук көрүстэ Айылҕам,
Мин ийэм, мин аҕам кэриэтэ
Иһирэх мичээрин саната.
Ахтыбыт даҕаны эбиппин
Күһүнтэн саһарбыт күөх тыабын,
Сайаҕас салгынын ыймахтыы
Дуоһуйа дьоллонон хаамарбын.
Оттоммут кээһиилээх алааспын,
Күрүөлээх отторбун, аларбын,
Үтүөлээх- үөрүүлээх күннэрбин
Олохпор олорон ааспыппын ...
Сүрэҕим бобута туппахтыыр
Төннүбэт түгэни сайыһа ...
Санаабар хатыҥнар сайыны
Атаарар курдуктар ытаһа ...
Соҕуруу хомуллан суһаллык
Көппүттэр көтөрдөр оҥостон,
Чуумпурбут ойуурум соҥуйан
Саас кэлэр кэмнэрин кэтэһэр.
Бүтэһик төгүлүн Айылҕа
Бэйэтин кэрэтин бэлэхтиир,
Хап-хара ууламмыт отонун
Кыыһыгар утары бу уунары ...
Эдьиийим эйэҕэс сыһыанын
Күһүҥҥү бу халлаан санатар,
Ып-ыраас, сып-сырдык уйаҕас
Иэйиитэ олустук долгутар.
Күһүҥҥү бу чуумпу долгураҥ,
Тыал хамсыыр, үҥкүүлүүр бу чараҥ,
Иэйиини сүрэхпэр биһиктии
Турабын соҕотох чуҥкуйан.
Саһарбыт сэбирдэх хатыҥтан
Тэлээрэн эргийэн түстэҕэ,
Сайыммыт бүтэһик төгүлүн
Кэрэтин бэлэхтээн аастаҕа ...
Хаамабын ойуурум устунан
Араҕас солотуу быыһынан
Атаҕым анныгар сэбирдэх
Ыарыытын чугастык ылына ...
Ольга Софронова-Суһум
Ньурба к., 26.09.23 с.
БОЖЕ, ОЧАРОВАНА РЕАЛЬНО
В образе чарующем, осеннем,
тихо встретила меня природа,
искренне напомнив, как бесценна,
мам и пап улыбок светом - ода.
Боже, очарована, реально,
золотом тайги зелёной прежде,
воздух пью чистейший натурально,
радостно хожу по тайным тропкам.
Спят стога по скошенным аласам,
в изгородях, сделанных за лето,
жизнь реальная проходит разом,
светлой памятью она воспета.
Сердце здесь волнением сжимает,
точку отпуская не возврата,
тёплых слёз рыдания берёзок,
лета уходящего заката.
Быстро улетают к югу птицы,
срочно спохватившись — осень тает,
истинно задумчив лес притихший,
снова в чаяньи весны скучает.
Время чудом сказочной природы,
дарит красоту неизъяснимо,
ягоды рябиновые в мёде,
солнечном, найдёт неумолимо.
Ласковых сестёр напоминает,
грёз сиянье в небосводе звёздном,
ясной, светлой верой утешает,
сила чувственных эмоций в вечном.
Тихое, осеннее волненье,
ветер пляшет с рощицей берёзок,
чувством в сердце бьётся вдохновенье,
в грусть впадает явно, отрешённо.
Жёлтый лист берёзки белоствольной,
падает на землю пируэтом,
лета прОводами танго вольным,
прелести осенней менуэтом.
Шаг неспешный, осени навстречу,
меж берёз покрытых позолотой,
шорох листьев слушая, отвечу,
боль их принимаю близко к сердцу.
Василий Полятинский
16:45 – 20:23 27.09.23/17:31 – 23:05 26.09.23
© Свидетельство о публикации №123092704842
АХТЫБЫТ ДАҔАНЫ ЭБИППИН ...
(Романс)
Ольга Софронова-Суһум тыллара, Илья Константинов-Илгиэн матыыба, таҥан оҥоруута, толоруута.
Слова Ольги Софроновой-Суһум, музыка, вокал, видеоклип Ильи Константинова-Илгиэн.
Голосование:
Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Голосовать могут только зарегистрированные пользователи
Вас также могут заинтересовать работы:
Отзывы:
Нет отзывов
Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Трибуна сайта
Наш рупор
Лебединая верность - https://www.neizvestniy-geniy.ru/cat/music/audio/2357869.html?author
Присоединяйтесь