16+
Лайт-версия сайта

ЭН МИИГИН КҮНҮҮЛҮҮГҮН, КАЗАНОВА ДИЭН ТАПТААН ААТТЫЫГЫН...

Фильмы, клипы, мультфильмы / Музыкальные клипы / ЭН МИИГИН КҮНҮҮЛҮҮГҮН, КАЗАНОВА ДИЭН ТАПТААН ААТТЫЫГЫН...
Просмотр работы:
28 февраля ’2023   16:28
Просмотров: 3313

Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун Ольга Софронова - Суһум сахалыы тылбааһа.
Поэтический перевод Ольги Софроновой - Суһум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского “ТЫ РЕВНУЕШЬ, ЛЮБОВНО ШЕПЧА: КАЗАНОВА…”.



ЭН МИИГИН КҮНҮҮЛҮҮГҮН, КАЗАНОВА ДИЭН ТАПТААН ААТТЫЫГЫН...



Эн
Миигин күнүүлүүгүн,
Казанова... диэн
Дьээбэрэн эйэргээн
Көҥүллүк ааттыыгын.

Хараххын куоттараҕын
Сибигинийэҕин,
Имэрийэҕин,
Оонньоһоҕун, күлэҕин.

Мин таптыыр кыысчаныам,
Уот угар кыымчааныам,
Мин күнүм күлүмэ,
Сандаарар сырдыга,

Эйигин кытары көрсүөхтэн ылата
Сүрэҕим сүр күүскэ
Тиҥийэ тэптэҕиэн!

Умуннум түүннэри
Түлүк ууларбын,
Санаабар уйдара
Манньыйа ууллабын.

Сиргэ түспүт аналым,
Аанньалым, аатталым,
Эйиэхэ, аныыбын
Сүрэҕим сипсиэрин.

Күн көмүс күлүмүн,
Талба тыл маанытын,
Сып-сырдык иэйиибин
Сурукпар тиһэбин.

Эн чуумпу тапталгын
Саҥата суох истэбин,
Ыксары- ыбылы
Кууһуохпун баҕардым...

Мин
Хаар оһуор үҥкүүтүгэр ,
Мин
Айылҕа
Тыллар кэмигэр
Мэник тыал буоламмын
Эйигин кууһабын.

Нарыннык ууруубун,
Мин Муузам, ис кутум
Алыптаах тойуга, -
Эйигин таптыыбын даҕаны!

Мин
Саһархай сардаҥа
Сарыдах сарпаҕа
Туманы быыһынан
Туналы сырдыыбын.

Эн
Мин тыынар салгыным,
Соҕотох тапталым,
Мин ырам ырыата,
Олоҕум суолтата.

Мин үөрүүм, мин көтүүм,
Сапсынар кынатым,
Үрдүккэ талаһыым
Эн эрэ буолаҕын.

Чэ, кэбис, ыраланымыым,
Эрэлим--эн эбит диэмиим,
Кэрэ дьахтар күннэйим-
Түүҥҥү иэйиим -- мин түүлүм.

Ис кутум, арыллыым,
Олоххо табыллыым,
Дьол үрдүк аатыгар
Киниэхэ дьулуһуум...



Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун
Ольга Софронова - Суһум сахалыы тылбааһа.
Ньурба к., 24.02.23 с.
© Свидетельство о публикации №123022805927



ТЫ РЕВНУЕШЬ, ЛЮБОВНО ШЕПЧА: КАЗАНОВА…



Ты ревнуешь, любовно шепча: Казанова …
Мой бельчонок, мой милый, пушистый комочек,
После встречи с тобой, ночь глухая бессонна,
Стуком сердца, кричащим, разбуженных строчек.

Мой котёнок, голубка, моя ты Мадонна,
Для тебя светлой нежностью тихою росчерк,
Слов, искринок, начертанных лучиком солнца,
Чувств, сияньем изысканных, трепетом, почерк.

Я любовь твою тихую слушаю молча,
Как обнять горячо я хочу тебя очень,
Мне уютно с тобой, я исчез, околдован,
В золотой листопад обратила ты осень.

Я в снежинках полёта, пушинках, закован,
Я в блаженном цветении ласковых вёсен,
Шаловливым целую касанием ветра:
Я люблю тебя Муза, души моей пенье.

Я искорка любви в пробужденьи рассвета,
Ты мой вздох, моя жизнь, ты моё вдохновенье,
Я сирени туман, лишь зарёю отсвета,
Ты нирвана и радость моя, ты смятенье.

Я не буду мечтать, не скажу, что ты – вера,
Красивая женщина - моё сновиденье,
Откровенность, реальность моя, не надежда,
Порыв весь тебе, страсти, моим умиленьем …



Василий Полятинский
23:02 23.02.23/15:00 – 15:02 14.10.18/00:22 11.11.12 – 13:35 11.11.12
© Свидетельство о публикации №117051001241
Свидетельство о публикации №432903 от 28 февраля 2023 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:



Нет отзывов

Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Логин
Пароль

Регистрация
Забыли пароль?


Трибуна сайта

Не заметил ты ненастья...

Присоединяйтесь 




Наш рупор







© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Реклама на нашем сайте

Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal

Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft