-- : --
Зарегистрировано — 123 425Зрителей: 66 512
Авторов: 56 913
On-line — 12 254Зрителей: 2391
Авторов: 9863
Загружено работ — 2 123 035
«Неизвестный Гений»
ДЬОЛ СИБЭККИТЭ
Пред. |
Просмотр работы: |
След. |
28 марта ’2017 12:05
Просмотров: 14178
ПЕРЕВОД НА ЯКУТСКИЙ ЯЗЫК
ЦВЕТОК СЧАСТЬЯ
«Прекрасный Аленький цветочек,
Самый красивый северный цветок,
Символ чуда Единственной любви,
Встречи двух людей,
предназначенных друг для друга».
Между нами снега,
Между нами разлука,
Между нами века,
В ожидании муках.
Звёзд сияет река,
Хладом грустного вздоха,
И тоскуют сердца,
И душа одинока.
Есть цветок у творца,
О ней создана сказка,
В ней любви теплота,
С ней желанная ласка.
Песней счастья звонка,
Чувств вечных загадка,
Что творит чудеса,
Верой долгой надежда.
И приходит Весна,
Вновь сияньем рассвета,
И кружится Луна,
Отражением Солнца.
А страстей тишина,
Взрывом звонкого света,
Всплеском свежим утра,
Воссияет росинками лета.
Ярким жаром костра,
Алым отблеском цвета,
Талисманом согласья, добра,
Расцветёт красота.
Есть легенда Одна,
Через все времена,
Есть такая страна,
Где во льдах небеса.
В ней таится мечта,
В ней любви Единства,
Сокровенная встреча тиха,
Душ касаньем блаженства.
Здесь степные луга,
Где цветки совершенства,
Дарят счастья свет вам,
Что зовётся «Сардаана»…
Василий Полятинский
22:20 04.02.13 - 01:10 05.02.13
© Свидетельство о публикации №117032804217
ДЬОЛ СИБЭККИТЭ
“Кэрэчээн кыһыл сибэккичээн,
Дьиҥ кэрэ хотугу сибэкки,
Уйан таптал умсулҕанын бэлиэтэ,
Ахтыһар сүрэхтэр көрсүһэр
кэмнэрин туоһута”.
Халыҥ хаар хааччаҕар сүпсүйэр,
Арахсыы абалаах мэһэйэ,
Аҥааттар харгыстыыр түҥ үйэ,
Көрсүһүү күүттэрэр эрэйэ.
Сулустар күлүм уот үрэхтэр,
Тыыннара тоҥуй сардаҥа,
Ахтылҕан аргыстаах сүрэхтэр,
Куттара иччэтэх араҥа.
Сибэкки Айар Тыын бэлэҕэ,
Номоххо кэпсэнэр кэрэтэ,
Кини баар таптал симэҕэ,
Иһирэх, сылаас эйгэтэ.
Үйэлээх иэйиибит кистэлэ,
Дьол куттаах ырыаннан лыҥкынас,
Уостубат итэҕэл эрэлэ,
Дьиктини үөскэтэр кыттыгас.
Дыргыл саас кэлиэҕэ мэҥитэн,
Сыдьаайар сарыаллыын дугуйа,
Күн уотун утаҕын тэйитэн,
Ый сырдыа түлэй түүн угуйа.
Сандаарар сырдыктан күүс ылан,
Иһийбит имэҥмит төлөнө,
Сарсыарда салгынтан уох тыган,
Күлүмнүө сайыҥҥы өҥнөнө.
Чаҕылхай кутаатын суоһунан,
Көмүскүө үтүөнү, эйэни,
Кытархай кыымнарын уоһунан,
Киэргэтиэ кэрэннэн эйгэни.
Үһүйээн үтүөкэн кэпсэлэ,
Быданныыр дьыллартан чөл кэлбит,
Муус кырыа халлаанын киэргэлэ,
Кырыалаах биир дойду баар эбит.
Онно баар Ыра түбэтэ,
Онно сиэттиһэр таптал эрэ,
Көрсүһүү истиҥин сүмэтэ,
Дууһалар алтыһар кэмнэрэ.
Манна, күөх сирэм тэллэххэ,
Дьиҥ кэрэ тыллар аналлаах,
Дьол уотун уунуоҕа бэлэххэ,
Ол кини, Сардаана диэн ааттаах.
Көҥүл тылбаас (вольный перевод):
Этигэн Ыра,
Бүлуу Бүлүү (Вилюйский улус, Республика Саха (Якутия))
12:01 28.03.17
Голосование:
Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Голосовать могут только зарегистрированные пользователи
Вас также могут заинтересовать работы:
Отзывы:
Нет отзывов
Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Трибуна сайта
Наш рупор
Интересные подборки: