16+
Лайт-версия сайта

ЭДЬИИЙ, МИН ТЫЫННААХ ЭРГИЛЛЭН КЭЛИЭҔИМ!

Фильмы, клипы, мультфильмы / Музыкальные клипы / ЭДЬИИЙ, МИН ТЫЫННААХ ЭРГИЛЛЭН КЭЛИЭҔИМ!
Просмотр работы:
18 сентября ’2023   09:53
Просмотров: 2396



Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха поэмы Ольги Софроновой – Суhум “ЭДЬИИЙ, МИН ТЫЫННААХ ЭРГИЛЛЭН КЭЛИЭҔИМ!”



ЭДЬИИЙ, МИН ТЫЫННААХ ЭРГИЛЛЭН КЭЛИЭҔИМ!



(Своҕа барбыт уол "Илии сылааһа" диэн ааттаах иистэнэр сыах көмүс илиилээх иистэнньэҥнэригэр сылдьан ырыа ыллаабытын, махтаммытын туһунан)



Дойдуну көмүскүүр сорук үүммүтэ,
Бэбиэскэ туттарар кэмнэрэ кэлбитэ,
Төһөлөөх Эр Хоһуун суһаллык хомуллан
Барбыта соҕуруу Кыайыыга эрэллээх!
Бу сэрии уот кыымнаах маҥалай айаҕар
Хас киһи тыыннаах ордуоҕа биллибэт,
Тэргэннэр эстэллэр, дуруоннар көтөллөр,
Тохтоло суох түһэр буулдьа ардаҕа...
Хаан тохтор, бааһырбыт хаһыытыыр,
Санитар таһаарар ыыс-быдан быыһыттан...
Госпиталь.Эмтэнии. Бытааннык үтүөрүү.
Дьылҕа-Хаан ыйааҕа, кырдьык, баар дииллэр,
Сынньалаҥ, уоппуска биэрэллэр-бу дьолу!
Дойдуга эргиллии-үчүгэй даҕаны,
Дойдубун, дьоннорбун көрүөххэ баҕарыы!
Биэс да күн, эбэтэр уонча күн баҕалаах!-
Төрөппүт дьоннорбун ыксары кууһуохпун,
Ийэккээм сымнаҕас иэдэһэр сыстыахпын,
Иһирэх иэйиилээх кинини сыллыахпын,
Үүт сыттаах илиитин астына сыттыахпын...
Тапталлаах кыысчааммын кытары көрсүөхпүн,
Төлөннөөх тапталбын симиттэ этиэхпин,
Дойдубар дуоһуйа дьаарбайа хаамыахпын,
Ып-ыраас салгыны ыймахтыы тыыныахпын.
Оттообут-бултаабыт алааспар сылдьыахпын,
Кээһиилээх от дыргыл сытыттан манньыйан,
Мин Дойдум кэрэтин кэрэхсии көрүөхпүн.
Дойдубар кэлээтин баҕабын толордум,
Ис кутум үөрүүтүн бу таспар таһаардым!
Уонна мин биири бэрт чиҥник өйдүүбүн-
Бу чуумпу, эйэлээх олохпут туһугар
Төннөбүн уот сэрии хабыллар киинигэр!
Ийэккээм атаарар, алаадьы буһарар,
Дьэдьэннээх минньигэс күөрчэҕин сиэтээхтиир,
Хараҕа ууланар, хараастар, айманар...
Хараҕын ууларын кистээн соттунар,
Ийэлии сүрэҕэ уолугар тардыһар,
Ис кута сэриигэ ыытыаҕын баҕарбат...
Аҕаккам санньыйар, ол онтун биллэрбэт,
Санныга таптайар, санаабын көтөҕөр,
"Эр киһи буоллаҕыҥ, дьэ, кытаат!"- эрэ диир.
Тапталлаах кыысчааным саҥата суох ытыыр-
"Таптыыбын, ахтабын,эйигин кэтэһиэм"!
Күүтүүлээх бу күндү тыллары хатылыыр,
Мин кыра сибэкким, мин намыын кэрэ Куом...
Дьокуускай куоракка балачча айаннаан
Ыксааммын таҥнаары-тиийэн кэлэбин.
"Илии сылааһа" иистэнэр бу сыахха
Аан бастаан киирэбин, долгуйан ылабын.
Суһаллык сулууспа ыҥырар, ыксыыбын,
Айаммын тутаммын мин тиийэ охсуохпун!
Күннэри-түүннэри иистэнэр бу сыахха
Массыына иһинэн дьиэ иһэ толору!
Ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр мустаннар
Тигэллэр саллаакка таҥнар таҥаһын!
Саллаакка буор босхо кэмпилиэк тигэннэр
Санныга кэтэрдэн, сахалыы алгыстаан
Атаарар эбиттэр, бу мааны Далбардар!
Амарах сүрэхтээх үлэһит эдьиийдэр
Ийэлии сылаастык мичээрдии көрсөллөр:-
"Кэтэһиҥ, уолаттар, кэтэһиҥ..."
Көрдөһөр курдуктар мичийбит харахтар...
"Сэриигэ барааччы билигин да элбэх,
Сүүрбэттэн тахсаны хааччыйар да уустук"...
Эдьиийдэр ыксыыллар, көлөһүн ыгыллар,
Көнө сиик суол курдук ыраастык тыргыллар.
"Уолаттаар, эһиги санаарҕаан-санньыйан
Өөр да өр күүтүмэҥ, дьаарбайыҥ, табахтааҥ,
Биитэр, истиэҕи сахалыы дьэ ыллааҥ!
Кырдьык да диэбиттии холкутук тыынаннар
Уолаттар ыллыыллар саймаархай ырыаны-
Олоххо тапталы, туолуохтаах ыраны,
Эйэлээх олоҕу, тулалыыр эйгэни.
Ис куттан дириҥник эҥсиллэн тахсыбыт
Сахалыы ырыалар иһирэх иэйиинэн
Иистэнньэҥ ийэлэр куттарын долгутта.
Хас биирдии бу саллаат-оҕотун кэриэтэ!
Эдэркээн уолаттар, бу көмүс куоластар-
Эрэллээх доҕоттор, дурдабыт-хаххабыт!
Мин эмиэ санаабар, "Оҥочо"диэн ааттаах
Тапталлаах ырыабын
Эһиэхэ анааммын
Итийэн-кутуйан толорон испитим...
Бу кэмҥэ бүрүүкэм тигиллэн бүппүтэ.
Үөрүүттэн үөгүлээт
Мин ойон турбутум,
Ырыабын тохтотоот ыстааммын ылбытым-
Тигиитэ ып-ыраас, кичэйэн тикпит дии!
Сүрэҕим үөрүүнэн мин түөспэр тиҥийэр!
"Хайа, ырыабыт бүттэ дуу?"-
Эйэҕэс мичээрдээх иистэнньэҥ ыйытар.
-Эдьиэй, сэрииттэн мин
Хайаан да тыыннаах кэлиэҕим,
"Оҥочо"ырыабын эһиэхэ аныаҕым,
Махталым бэлиэтин ыксары кууһуоҕум,
Сибэкки дьөрбөтүн эһиэхэ бэлэхтиэм!
Эһиги сүрэххит, илиигит сылааһын
Мин өрүү махталлаах күннэтэ кэтиэҕим,
Кыайыы көтөллөөх эһиэхэ кэлиэҕим,
Үөрүөҕүм-көтүөҕүм, уону да ыллыаҕым!
Кэтэспит бу күммүн, ыллаабыт ырыабын,
Эһиги иискитин, ийэлии сыһыаны
Мин хайаан олохпор барытын умнуомуй-
Хаартан-ардахтан хаххалыыр таҥаһы?
Махталым, Тапталым-эһиэхэ,Эдьиийдэр,
Сып-сылаас, сымнаҕас бу "көмүс"илиилэр!



Ольга Софронова-Суһум
Дьокуускай к., 03.09.23 с.



СЕСТРА, ВЕРНУСЬ ЖИВЫМ Я, ТОЛЬКО ЖДИ



(Про парня, мобилизованного на СВО и спевшего песню “Тепло рук”, в благодарность, про золотые руки швей - мастериц волонтёров, шьющих одежду для солдат, воюющих на СВО).



Настало время защищать страну
пришли повестки – Родина на бой зовёт,
собрав рюкзак уходят на войну,
мужчины, где Победа мужеством грядёт!

В кровавом зеве схватки огненной
погибнет сколько? Сколько жить останется?
Летают дроны над дорогами,
дождями пуль живая сила ранится.

Кричат солдаты, в ранах хлещет кровь,
бойцов спасает снова медик ангел, док,
судьба и рок, и к жизни тайный зов,
леченье, боль и жизнь, как тонкий волосок.

А отпуск дарит счастье, тишину,
домой приехать — радость несказанная,
родных увидеть, веры глубину,
часами отпуска мечта желанная.

Обнять неистово родителей,
коснуться к тёплой щёчке мамы с нежностью,
целуя руки небожителей,
что пахнут свежим молоком по-прежнему.

С любимой девушкой застать рассвет,
смущённо, искренне слова любви сказать,
гуляя снова по родной земле,
пречистым воздухом взволнованно дышать.

Сходить на тихий, маленький алас,
где сенокос, охота славная прошли,
а запах сена от стогов томясь,
как милость царская родной моей земли.

И искреннюю радость проявлять,
к покою тихой, мирной жизни всей душой,
прекрасно понимая, что опять,
вернусь на огненный, реальный, смертный бой.

Оладьи на прощанье испечёт,
украдкой слёзы мама утирая вновь,
взбивая сливки с ягодой, вздохнёт,
мне выражая материнскую любовь.

А сердце мамы к сыну тянется,
не хочет сына видеть мама на войне,
отец в суровой маске прячется,
похлопывая только по плечу вдвойне.

И молча плачет девушка, любя,
цветочек маленький, моя красавица,
люблю мой милый, буду ждать тебя,
спешит слова мне долгожданные сказать.

В Якутск приехал по пути на фронт,
конечно тороплюсь я форму заказать,
а рук тепло меня в тот цех зовёт,
вхожу волнуясь, мир прекрасный открывать.

Спешу на службу, что зовёт опять,
держу свой путь обратный, неизведанный,
а в цехе шьют и днём и ночью, знать,
гудят машины, шьют заказ наметанный.

Собрались мамы, бабушки, сёстры,
солдатскую одежду шьют естественно,
бесплатно трудятся волонтёры,
победу приближая в днях существенно.

Саха благословив обычаем,
простые женщины устроят проводы,
сердечным подлинным величием,
накинув камуфляж на плечи мужиков.

Немного подождите пацаны,
глаза с мольбою женской просят молча их,
мобилизацию людской волны,
конечно, обеспечить трудно в мастерских.

Вспотевшие торопятся сёстры,
двойные швы — дороги будней фронтовых,
вы ждите парни, покурите вновь,
немного погуляйте, часом, во-вторых.

Живую песню или спойте тут
и спели вправду парни авторский куплет,
распевной звонкою мелодией,
любовь, про рук тепло и солнечный рассвет.

За мир срединный, жизнь бесценную,
возвышенной душевностью живых мужей,
простую песню вдохновенную,
что души взволновала шьющих матерей.

Солдаты — дети мудрых матерей
и лица юные, златые голоса,
и верные друзья — защитники,
а в мыслях ясных, вы, — победы образа.

Сейчас дарю любимую песню,
божественную лиру посвящаю вам,
она была про, рук тепло, всех швей,
меня позвали срочно к швеям мастерам.

Прервал я песню, звонкий мой вокал,
мне брюки сшили быстро, неожиданно,
со светлой радостью я прибежал,
в шитьё душа швеи как будто впитана.

И сердце бьётся радостно в груди,
а песня всё? Закончилась? Был мне вопрос,
с улыбкой доброй сказки чистоты,
с глазами светлыми, сияньем чистых рос.

Сестра, вернусь живым я, только жди,
с войны жестокой, злой, кровавой, словно ад,
спою негромко песню дней пути,
октавой свеч мерцанья тёплых слов лампад.

К теплу сердец и ваших рук прижмусь,
всегда я буду ждать тот день, вернусь когда,
с победным днём приду, небес коснусь
и буду петь я в радость, жизнь — она одна.

В заветный день спою я песню — гимн,
про ваши руки золотые, нежность мам,
любовь мою вам сёстры, свет вершин,
несу швеям златым и тёплых рук цветкам.



Василий Полятинский
16:00 – 17:00/07:35 – 08:51 17.09.23/15:07 - 21:03 16.09.23/17:17 – 22:03 15.09.23/17:17 – 20:57 08.09.23
© Свидетельство о публикации №123091801903
Свидетельство о публикации №446357 от 18 сентября 2023 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:



Нет отзывов

Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Логин
Пароль

Регистрация
Забыли пароль?


Трибуна сайта

"Пламя-шторм", прошу вашей поддержки!

Присоединяйтесь 




Наш рупор







© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Реклама на нашем сайте

Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal

Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft