-- : --
Зарегистрировано — 123 440Зрителей: 66 523
Авторов: 56 917
On-line — 22 336Зрителей: 4400
Авторов: 17936
Загружено работ — 2 123 430
«Неизвестный Гений»
ТАПТАЛЫМ ТУЛЛУГА
Пред. |
Просмотр работы: |
След. |
16 декабря ’2021 11:47
Просмотров: 5535
Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха стихотворения “ТАПТАЛЫМ ТУЛЛУГА“ Ольги Софроновой – Суһум.
ТАПТАЛЫМ ТУЛЛУГА
ТАПТАЛЫМ ТУЛЛУГА
Эн буолууй, мин ырам
Сып-сырдык ымыыта,
Ис санаам сандаархай
Кыракый уот кыыма,
Мин дьолум нап - нарын
Кынаттаах туллуга,
Эйэҕэс сүрэҕим
Эймэнэр тойуга,
Инники олохпор
Эрэлим туолуута,
Эн күнүм күлүмэ,
Сулуһум суһума,
Ис куппун сылытар
Сандаархай сардаҥа,
Сүрэхпин уматар
Умайар төлөҥҥүн,
Эйигин таптыыбын,
Эйигин ахтабын,
Олоҕум суолтатын -
Эйиэхэ көрөбүн,
Инниким, эрэлим
Эн эрэ буолаҕын!
Имэҥнээх мин иэйиим
Эр Хоһуун киһитэ
Сүрэхпэр уот угар
Тапталыҥ имэҥэ...
Таптаһар кэмнэргэр
Ураты сырдыыгын,
Ис киирбэх мичээриҥ
Ураты иэйиилээх...
Сыламныы сымныыгын,
Сулустуу сырдыыгын.
Ис кутуҥ чугаһа
Ириэрэр, имитэр,
Бу үөһии Куйаарга
Ис куттуун көтүтэр,
Биллэр биллибэт
Эр киһи сытыттан
Итирбит киһилии
Имэҥтэн иирэбин!
Аттыбар эн бааргар,
Эн миигин уурургар
Хаар курдук ууллабын,
Манньыйан ылабын,
Дьолбуттан ытыыбын,
Дьол уотун тутабын!
Эн кэтит киппэ түөскэр
Мин сыстан сытабын,
Иһийэ таалабын,
Таптыыргын таайабын...
Эппэҥниир сүрэҕиҥ
Тэбиитин истэбин,
Муҥура суох дьол
Диэн тугун билэбин
Сүрдээҕин үөрэбин,
Сүрэхпэр кистиибин...
Өлгөмнүк түһэр
Ардаҕы санатан
Харахтан тыаһа суох
Таммахтар түһэллэр.
Иһирэх эн иэйииҥ
Алыбар ылларан
Мин дьолум чороонун
Илгэтин толорон
Тулабын сырдата
Ол дьолтон ыһабын,
Ураты уйаҕас
Турукка киирэбин,
Тылбыттан матабын,
Манньыйа ууллабын...
Эн - миэнэҕин,
Мин - эйиэнэбин!
Эн биһикки биир эттик
Буоламмыт сытабыт,
Сүрэҕим тэбиитэ,
Мин үөрүүм биһигэ
Эн эрэ буолаҕын -
Тапталым туллуга!
Эйигин бу маннык
Айбыт Айыыга
Махталым мааныта,
Эйэҕэс эҕэрдэ!
Таптыыбын эйигин,
Таптыыбын мин күүскэ,
Эйигин, Олохпун -
Тыыммакка таптыыбын!
Суһум
Ньурба к., 05.12.21 с.
КРЫЛЬЯ ЛЮБВИ
Будь предчувствием моим,
Лучшим талисманом,
Светом искренней души,
Ярких искр вулканом.
Счастье нежное моё,
Сердца серенадой,
Песенка смущения,
Пуночки крылатой.
В жизни будущей мирской,
Музыка надежды,
Солнца блеском красотой,
Засияют звёзды.
Драгоценным лучиком,
Грешно душу греет,
Ненасытным пламенем,
Сердце зажигает.
Жизни все мгновения,
Помню несомненно,
Вижу объяснения,
В будущем блаженно.
Страсть необычайная,
Только милый мой ты!
Жгучая и тайная,
Вносит пламя в сердце.
Страсти вожделение,
Что в любви взаимной,
Светом ослепление,
Радостной улыбкой
Таю тёплой свечечкой,
В ласках непривычных,
Крохотною звёздочкой,
Сказкой бесподобной.
Греешь ты в объятиях,
Зноем ласок смелых,
Улетать в распятиях,
Заставляешь птицей.
В аромате грешности,
Опьянею дико,
Будешь рядом в нежности,
Зацелуешь мигом.
Таю как снежок весной,
От любви сгораю,
В тихом умилении,
Сладостно вздыхаю.
Прижимаюсь трепетно,
Я к груди широкой,
Замираю радостно,
Как меня ты любишь.
Слышу я биение,
Сердца дорогого,
Счастья завершение,
Знаю неземное.
В радости возникшими,
Тайны прячу в сердце,
Выпадают ливнями,
Интервалом терций.
Сладостными стонами,
Капельки слезинок,
Увлеченья нотами,
Из очей бесшумно.
Наполняю я сосуд,
Колдовским напитком,
Освещая ночь вокруг,
Светом счастья бликом.
В состояние вхожу,
Негою блаженной,
Таю от волнения,
В ласке драгоценной.
Я – твоя! Любовь моя,
Мы с тобой едины,
В настоящем затая,
Благостью невинны.
Сердца откровением,
Чувств счастливым криком,
Только мой единственный,
Взлётом страсти мигом.
Мира сотворение,
Вижу откровенно,
Тесное общение,
Благодарно светом.
Неземная жизнь моя,
Высота другая,
Не дыша люблю тебя!
Красота земная.
Василий Полятинский
19:10 14.12.21 - 01:20 15.12.21/18:24 - 19:32 15.12.21
© Свидетельство о публикации №121121505177
Голосование:
Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Проголосовало пользователей: 0
Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0
Голосовать могут только зарегистрированные пользователи
Вас также могут заинтересовать работы:
Отзывы:
Нет отзывов
Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Трибуна сайта
Наш рупор