16+
Лайт-версия сайта

БЭЛЭХТЭЭ ТАПТАЛ ТҮҮНҮН

Просмотр работы:
26 октября ’2021   17:27
Просмотров: 6013



Стихотворение “Подари мне ночь любви” прочитала Семёнова Любовь Егоровна – Сэгэйэ.
Поэтические переводы стихотворения Василия Полятинского “Подари мне ночь любви” на язык народа Саха Олимпиады Спиридоновой, Дмитрия Фёдорова - Оhуохай Уола, Ольги Софроновой – Суhум.

БЭЛЭХТЭЭ ТАПТАЛ ТҮҮНҮН

Таптал түүнүн бэлэхтээ миэхэ,
Өй-мэйдээх тулуйбат имэҥин.
Тимирдиий дип - дириҥ иэйиигэ
Нап-нарын сыһыан умсулҕанын.

Кып-кыһыл уоһуҥ минньигэһэ
Абылаатын күүстээх тапталынан.
Итирдиий миигин биир түгэҥҥэ
Ньулуун амтаннаах утаҕынан.

Эн эрэ сылааскар дьоллоохпун,
Ууруохпун баҕардым итии уоскун.
Бэлэхтээ миэхэ таптал түүнүн,
Көстүбэт эйгэлээх имэҥи.

Эн буоллуҥ олоҕум күнчээнэ,
Иэйиим кистэлэҥ таабырына.
Ис кутум оонньуур музыката,
Ырыам, дьолум остуоруйата.

Олимпиада Спиридонова тылбааһа
Дьокуускай, 05.10.21

БЭЛЭХТЭЭ ДУУ, МИЭХЭ БИИР ТҮҮНҮ

Бүтүннүү тапталга умсуохпун
Илистэ уоскулаҥ булуохпун
Бэлэхтээ дуу, миэхэ биир түүнү
Имэҥтэн туймаарар үөрүүнү

Таптал уох абыгар ылларан
Тэтэркэй уостаргын ууруохпун
Баҕабын олоччу ханнаран
Барытын кыл түгэн умнуохпун

Оо күнүм, көмүһүөм сэгэрим
Олохпор таайбатах кистэлим
Сүрэҕим налыйар нуурала
Суо ырам суһумнуур чыпчаала

Бүтүннүү тапталга умсуохпун
Бэлэхтээ, дуу миэхэ биир түүнү,
Эйэргии оонньоһон таптаһан
Эн эрэ бааргыттан дьоллонуом...

Дмитрий Фёдоров - Оhуохай Уола тылбааhа
Чурапчы улууhа, 06.10.21

БЭЛЭХТЭЭ ЭН МИЭХЭ КҮӨХ ТҮҮНҮ

Бэлэхтээ, эн миэхэ сэгэриэм,
Имэҥнээх уоҕунан күүскэтик
Аньыыга-хараҕа умньаммыт
Итирдэр ол аптаах күөх түүнү.

Минньигэс мүөтүнэн илгийэр
Уоскуттан мин уулла ууруохпун,
Алыптаах тапталыҥ былааһар
Бүтүннүү бэринэн ылыахпын.

Күннэйим, көмүһүм, мин күнүм,
Олоҕум, иэйиилээх мин кутум,
Мин дьолум уйаҕас сипсиэрэ,
Муусука абылаҥ дорҕооно.

Ууруохпун баҕардым эйигин,
Умсулҕан иэйиилээх хараххын,
Эн миигин кууһаргар иһийэн
Сирдээҕи дьолунан туолуохпун.

Ольга Софронова - Суһум тылбааһа
Ньурба к., 26.10.21

© Свидетельство о публикации №121102605614

Свидетельство о публикации №399351 от 26 октября 2021 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:


Оставлен: 26 октября ’2021   19:55

Оставлен: 26 октября ’2021   20:02
Красиво)))     


Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи
Логин
Пароль

Регистрация
Забыли пароль?


Трибуна сайта

Бабье лето закружило.Приглашаю в рутуб.

Присоединяйтесь 




Наш рупор

 

Рупор будет свободен через:
14 мин. 36 сек.









© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Реклама на нашем сайте

Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal

Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft